«Ойуун түүлэ» Ньурба түмэлигэр

Поделиться

Кулун тутар 16 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүгэр, Ньурба түмэлигэр СӨ норуодунай артыыһа Б.И. Борисов «Ойуун түүлэ» айымньыны аахта.

Өксөкүлээх Өлөксөй бу айымньытын 1910 с. суруйбута. Ол кэмҥэ аан дойду үрдүнэн омук омуктуун күрэстэһиитэ, улахан омук кыра омугу атаҕастыыра-баттыыра муҥутаан турар кэмэ этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй бу уустук кэмҥэ аҕыйах ахсааннаах саха омуга хайдах гынан тыыннаах хаалыай диэн ыйытыыга Ойуун нөҥүө бэйэтин санаатын тиэрдибитэ. Айымньы киһини барылханынан (масштабность), өтө көрүүтэ кырдьыктааҕынан, тыла-өһө сытыытынан сөхтөрөр. Улуу киһи 114 сыл анараа өртүгэр норуотун дьылҕатын, инники сайдыытын туһугар суруйбут айымньыта билигин да сирдиир-ыйар кыаҕа уоста илик.

Б.И. Борисов — уус-уран ааҕыы маастара бу улуу айымньыны туох баар түллэр, күүрэр, намырыыр, эрэнэр, өйдөтөр түгэннэрин дууһатын нөҥүө ыытан бар дьонугар тиэртэ. Кэлбит эдэр да, эмэн да, оҕо да дьон иһийэн олорон иһиттилэр.

Ааҕыы саҕаланыытыгар уматыллыбыт «Өксөкүлээх сардаҥата» — чүмэчи уота сылаас, суоллуур-сирдиир эйгэтэ өссө кэҥээтэ. Борис Иванович айымньыны чаас кэриҥэ толору өйүттэн аахта. Бу туһугар эмиэ сөҕүмэр быһыы буолар.
Ааҕыы түмүктэммитин кэннэ түмэл дириэктэрэ А.А. Туманова Борис Ивановичка махтал сурук уонна сибэкки дьөрбөтүн туттарда.

Кэлбит дьон бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Ол курдук култуура департаменын салайааччыта Р.М. Тихонова айымньы эдэр ыччакка иитэр-үөрэтэр суолтатын, техлицей учуутала А.В. Мясоедова өтө көрүүтүн сөҕүмэрин, Ньурба тыйаатырын артыыһа А.К. Кривогорницына айымньыны ааҕыы үрдүк маастырыстыбатын, киин ааҕар алаһа үлэһитэ М.Р. Ноева айымньы билиҥҥи кэми кытта ситимин бэлиэтээтилэр.

Ити курдук бу дьоро күн саха саарына Өксөкүлээх Өлөксөй аатыгар сүгүрүйэн, айымньытын күүһүттэн сөҕөн-махтайан, салгыы айарга-тутарга күүс эбинэн аастыбыт.

Борисов Б.Б.

Источник: https://mdnutkina.sakha.muzkult.ru/news/108588076

Актуальные новости