Өксөкүлээххэ анабыл хоһооннор
Поделиться
Киэн туттар биир дойдулаахпытын А.Е. Кулаковскайы – Ѳксѳкүлээх Ѳлѳксѳйү уруйдаан нэhилиэкпит олохтоохторо араас кэмнэргэ айбыт айымньылара
Өксөкүлээххэ
Өксөкүлээх убайбыт
Үбүлүөйүн сылыгар
Үөрүүбүтүн үллэстэн,
Үөрэ-көтө ыллыыбыт.
Дьоһуннаах махталы,
Сахалыы айхалы,
Эйиэхэ аныыбыт
Өлөксөй убайбыт.
Эрэйдээх айаҥҥа
Элбэҕи айбытыҥ,
Норуотуҥ олоҕун
Чинчийэн билбитиҥ.
Үйэлэр тухары
Үгүһү айбытыҥ,
Бар дьоҥҥо тиллиитэ,
Барыбыт үөрүүтэ.
Кэнчээри ыччатыҥ
Кэскилин түстээҥҥин
Айбытыҥ, туойбутуҥ
Аҕалла үөрүүнү.
Агафья Максимовна Сидорова
***
- Өксѳкүлээх Ѳймѳкѳѳҥҥѳ айана
Ѳксѳкүлээх айаҥҥа
Сэттэ тѳгүл нѳргүйэн,
Сырыы ахсын атынан
Хоту суолга дьулуhар.
Хараҕар эргиччи дьэ
Ѳймѳкѳѳн хайаларын
Харысхал куйах туттан
Ханалытан дуоhуйар.
Дьүккүйэ айанната
Айар кыаҕын эпсиhэн,
Саҥа олох тардыытын
Санаатыгар сѳҥүѳрдэр.
Арыт туймааран ыла
Күүс-сэниэ олох эстэн,
Ким батыhа бараахтаан
Кѳмѳ абырал буолар?!
Оннук ѳрүhүллэн дьэ
Ѳймѳкѳѳҥҥѳ тардыллан,
Үс сэргэни астаран
Үтүѳ үгэhи ыhар.
Хомпоруун кыыл тайаара
Кыралаан ыраах кѳтѳн,
Кыыл суолун одуулаан
Ааспыты аҕыннарар.
Өймѳкѳѳн хайалара
Ѳксѳкүнү кѳтүтэн,
Хорсун айанньыттарын
Ѳйдүүллэрин тиэрдэллэр.
Канаева Анна Николаевна
***
Хотой хоhуун Ѳксѳкү
Ѳйдѳѳн кэллим ѳрдѳѳҥҥүнү-
Кэпсиир этэ биhиэхэ
Саха омук чулуута
Ѳймѳкѳѳҥҥѳ сылдьыытын
Кылаас чуумпу уруогар
Үгүс үтүѳ тылларынан
Лыҥкынас кэрэ куолаhынан
Элбэххэ уhуйбут учууталбыт
Эгэлгэ араас кэпсээнигэр
Хотой хоhуун Ѳксѳкүнү.
Ѳбүгэ дьоммут олоҕун
Тѳрүт тылбыт уустугун
Ѳксѳкүттэн билбиппит
Кѳтѳр аалын ааҕарбыт,
Ѳрүс бэлэхтэрин ѳйдүүрбүт,
Ритм тылларын сѳҕѳрбүт.
Үѳрэхтээхтэргэ суруга
Үйэлэр да кэнниттэн
Тѳрүт саха дьонугар
Эркээйи буолан хаалбыта.
Баҕарбыта бар дьоҥҥо
Атас доҕор буоларга
Раса араас омугунуун.
Дьоллоох олох туhугар
Оҕуруктаах толкуйун
Наардаан этэн биэрбитин
Уура сылдьан ааҕабыт
Гектар сиртэн саҕалаан
Араллаан буолбат туhугар
Республикабыт сайдарыгар
Эйэлээх олоххо ыҥыран
Тойонноон суруйбут суруга,
Иhирэх тылынан этиитэ
Илдьит буолан хаалбыта.
Тѳлкѳбүтүн түстүүллэр
Эппит үтүѳ тыллара.
Васильева Анна Егоровна
***
Ѳксѳкүлээххэ
(тойук)
Дьэ – буо!
Налыы-налыы хонуулаах,
Тардыы кѳмүс талахтаах
Таатта үрэх үрдүгэр
Амыдайдыыр алааска
Талан –таптаан үѳскээбит
Кулакуоскай аймахха
Арылыйар уулардаах
Амма үрэх хочотугар
Кѳҕүрээбэт кѳлүччэлээх
Уучай бүкпүт сиригэр
Тѳрѳѳн күнү кѳрбүтэ
Ѳксѳкүлээх Ѳлѳксѳй.
Саха маҥнайгы ырыаhыта
Уус тыллаах хоhоонньута
Айар тылын аҕата
Улуу ѳркѳн ѳйдѳѳҕѳ
Сүүс түѳрт уон сааhын
Үбүлүѳйүн кѳрсѳбүт.
Ѳксѳкүлээх эhэбит кэриэhин
Кэнчээри ыччат толорон
Үѳрэх үрдүк хайатын
Сылайбакка дабайар,
Ѳбүгэтин үгэhин
Ѳйгѳ-сүрэххэ иҥэрэр.
Улуу киhи Ѳксѳкүлээх
Суруйбута суолталаах,
Эппитэ иччилээх,
Ыллаабыта ыралаах,
Хоhуйбута хоhоонноох,
Аата-суола үйэлээх.
Туйаара Петровна Старостина
Источник: https://chichimaxlib.ru/читателям/айар-куттаах-биир-дойдулаахтарбыт-ай/өксөкүлээххэ-анабыл-хоһооннор/