Өксөкүлээх Өлөксөй алгыстаах сэргэлэригэр Аһыкай нэһилиэгин туһунан өйдөбүнньүк дуоска аһыллыыта буолла

Поделиться

Алтынньы 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхой нэһилиэгин Аһыкай сайылыгар, Марха улууһа тэриллибитэ 200 сылын чэрчитинэн, саха литературатын төрүттээччи А. Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй алгыстаах сэргэлэригэр Аһыкай нэһилиэгин туһунан өйдөбүнньүк дуоска аһыллыыта буолан ааста.

Тэрээһиммитигэр Ньурба музейын директора Туманова Анна Андреевна, Борис Борисович Борисов, культура департаменын начальнигын солбуйааччы Альбина Ивановна, норуот маастара, Дархан уус, кыраайы үөрэтээччи Саввинов Владимир Иванович, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Пудовна Николаева, Ньурба общественнай » Үрүҥ күн оҕолоро» сканди хаамыы түмсүүтэ тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылан, бүгүҥҥү күммүт үрдүк таһымнаахтык ааста. Иилээн-саҕалаан тэрийбит Тимофеев Анатолий Спиридоновичка уонна Отов Герман Егоровичка, нэһилиэкпит аҕа баһылыгар Егор Николаевич Алексеевка, итии аһынан үөлүнэн күндүлээбит нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр , Ньурба улууһуттан элбэх киһилээх делегация кэлэн тэрээһиммитигэр кыттан, киэргэтэн, элбэҕи кэпсээн, билиһиннэрэн барбыттарыгар олохтоохтор ааттарыттан махталбытын тириэрдэбит. Этэҥҥэ доруобай буолуҥ!

Библиотекарь: Кристина Валерьевна

Актуальные новости