«Өксөкүлээх Өлөксөй эргимтэтэ. А.Е. Кулаковскай уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоно-сэргэтэ: ахтыылар, источниктар» кинигэ сүрэхтэннэ
Поделиться
Алтынньы 26 күнүгэр И.М. Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар «Өксөкүлээх Өлөксөй эргимтэтэ. А.Е. Кулаковскай уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоно-сэргэтэ: ахтыылар, источниктар» диэн ааттаммыт саҥа кинигэ сүрэхтэннэ. Саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр улууспут кыраайы үөрэтээччилэрэ, саха тылын уонна литературатын учууталлара, бибилэтиэкэрдэрэ кыттыыны ыллылар.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар “Мэҥэ Хаҥалас улууһа” МО баһылыга Д.И.Тихонов саҥа кинигэ тахсыбытынан эҕэрдэлээн туран, ыраах Сербия дойдутуттан кэлэ сылдьар Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнигэр Лариса Реасовна Кулаковскаяҕа Махтал сурук туттарда. Лариса Реасовна Кулаковская өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар тахсыахтаах элбэх туомнаах кинигэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар бастакынан тахсыбытынан эҕэрдэлээн туран, бары үлэлэспит биир дойдулаахтарбытыгар махтал тылларын эттэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2016 сылтан саҕалаан Людмила Реасовна Саха Сирин улуустарын чулуу дьонун киэҥ араҥаҕа таһааран, бииргэ холбуур, түмэр сыаллаах бэйэтэ иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт ыра санаатын олоххо киллэрэр баҕалаах “Өксөкүлээх эргимтэтэ” диэн хамсааһыны саҕалаабыта. Үлэ кэскиллээх сыалынан саха үөрэхтээх дьонун туһунан өйдөбүлү үйэтитии, төрөөбүт норуоттарын инникитигэр эрэнэн туран, олохторун, үлэлэрин анаабыт ытык нэһилиэстибэлэрин ситимнээхтик, утумнаахтык үөрэтии буолар.
Үгүс киһи үлэтин түмэр улахан чинчийэр бырайыак салайааччытынан Павел Данилович Сазонов буолар. Павел Данилович үлэ хайдах саҕаланан барбытын, бырайыакка үлэлэспит кыраайы үөрэтээччилэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан үлэлээбиттэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Софья Гаврильевна Дмитриева улууспут нэһилиэктэрин кыраайы үөрэтээччилэрин түмэн, хас да сыллаах эппиэтинэстээх улахан үлэ тэрээһинин салайан үлэлээбитин, саҥа кинигэ суруллуутун историятыттан сиһилии кэпсээтэ. Октябрина Егоровна Дмитриева, Станислав Николаевич Афанасьев бырайыакка улахан чинчийэр үлэни ыыттылар. Октябрина Егоровна Людмила Реасовна испииһэгэр «Не установлены наслега» диэн бэлиэтэммит 12 киһиттэн үһүн ирдээн булбут, онтон Станислав Николаевич 190-тан тахса хаартысканы булан, аныгы технология көмөтүнэн саҥардан кинигэҕэ киллэрбит.
Кинигэ научнай сүбэһитинэн филологическай наука доктора, профессор, Өксөкүлээх Өлөксөй институтун кылаабынай научнай сотруднига, РФ үрдүк үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ наукатын үтүөлээх деятеля Прасковья Васильевна Сивцева — Максимова буолар. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Прасковья Васильевна куйаар ситимин нөҥүө холбонно.
«Историческая память Якутии» федеральнай партийнай бырайыак бэрэссэдээтэлэ, «Өксөкүлээх эргимтэтэ» НКО салайааччыта Саргылана Александровна Неустроева, Алексей Леонтьевич Попов уола Борис Алексеевич Попов, историк Илья Семенович Колосов, кыраайы үөрэтээччи Аполлон Михайлович Апросимов кинигэ тула санааларын эттилэр. «Историческая память Якутии» федеральнай партийнай бырайыак бэрэссэдээтэлэ, «Өксөкүлээх эргимтэтэ» НКО салайааччыта Саргылана Александровна Неустроева Ил Түмэн наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин А.А.Григорьева Махтал суругун Софья Гаврильевна Дмитриеваҕа уонна Галина Васильевна Егороваҕа туттарда, Павел Данилович Сазоновка уонна Марфа Ивановна Птицынаҕа кинигэ бэлэх уунна.
Саҥа кинигэ Саха сирин историятын, саха култууратын, тылын үөрэтии эйгэтигэр кыраайы үөрэтээччилэргэ киэҥ интэриэһи тардарыгар уонна Өксөкүлээх Өлөксөйү өссө дириҥник үөрэтэргэ бигэ тирэх буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Марина Трифонова.