Поделиться
Бүлүү өрүһүн хаҥас салаата Марха өрүс аатынан, 19 үйэҕэ Марха улууһа диэн баар буола сылдьыбыт. 1824 сыллаахха төрүттэммитэ биллэр, онон эһиил 2024 сылга Марха улууһа төрүттэммитэ өрөгөйдөөх 100 cыла туолар. Бу улуус Марха өрүстэн Үөһээ Бүлүү анныгар Бүлүү өрүскэ диэри улахан сири тайаан сыппыт. Онтон 1930 сыллаахха бу улууспут Ньурба улууһугар уларыйбыт.
Марха улууһун киининэн билиҥҥитэ Таркаайы нэһилиэгэ (Марха) этэ. Биир кэмҥэ манна кулубанан Аһыкай, билиҥҥитэ Оҥхой, нэһилиэгин киһитэ Криговорницын Семен Александрович үлэлээбит. Кини кулубалыы олорон Аһыкай нэһилиэгэр улахан ыһыаҕы тэрийбит. Манна Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Үөһээ Бүлүү улууһугар кэлэ сылдьан ааттаан тахса сылдьыбыт. Кини бу ыһыахха үс сэргэни туруорбута, сэргэҕэ «1905» диэн суругун бэйэтэ суруйбута биллэр. Бу сэргэлэр сахалар үс куттарыттан — Буор куту бэлиэтииллэр эбит. Ийэ, Салгын куттар сэргэлэрэ Өймөкөөҥҥө, Чурапчыга бааллара биллэр. Бу Өксөкүлээх туруорбут сэргэлэрэ Сайылык Эбэҕэ, Оҥхойтон уонча биэрэстэлээх сиргэ турбуттар. Билигин үс сэргэттэн биирэ баар, иккитэ охтубуттарын, 2015 сыллаахха үтүктэн саҥа сэргэлэри туруорбуттар. Ол сыл Өксөкүлээх Өлөксөй сиэн кыыһа Людмила Реасовна Кулаковская ыалдьыттаан барбыт, эһэтин сэргэтин таһыгар алтан төбөлөөх, харысхал бэлиэлээх, «2015» диэн суруктаах бэйэтин сэргэтин туруорбута. Сэргэлэр турбуттара 110 сылыгар аналлаах суруктаах мэҥэ таас ууруллубута.
Дьэ бу тэрээһиннэри, бэлиэ дааталары сүрүннээн, Үөһээ Бүлүү Оҥхой нэһилиэгин Аһыкай сиригэр алтынньы 19 күнүгэр көрсүһүү буолан ааспыта. Ньурба улууһуттан 20 киһилээх делегация буолан баран кэлбиппит. Анна Андреевна Туманова салайааччылаах Ксенофонт Дмитриевич Уткин аатынан Ньурбатааҕы түмэл үлэһиттэрэ, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Пудовна Николаева уонна Альбина Ивановна Михайлова сирдьиттээх Ньурба култууратын департаменын үлэһиттэрэ. Ону тэҥэ, Элена Евгеньевна Федорова салалталаах хаалыктаах хаамыынан дьарыктанар, бэйэлэрэ түмсүүлээх, айылҕаны, төрөөбүт дойдуларын кэрэхсиир, сэргиир Ньурба куоратын кэрэ аҥаардара эмиэ сылдьыспыттара. Көрсүһүүнү Оҥхой урукку баһылыга, бу тоҕоостоох тиэмэ тула элбэхтик үлэлэһэ сылдьар, Герман Егорович Отов тэрийэн ыыппыта.
Билигин Аһыкай сиригэр элбэх дьон-сэргэ кэлэн ыалдьыттаан, алгыс ылан барар буоллулар. Ыраах Өймөкөөн улууһуттан кытта кэлэн бараллар эбит. Сэргэлэр тула сылын аайы оҕолор хоһоон ааҕыытыгар күрэхтэһэллэр, араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Онтон Өксөкүлээх Өлөксөй кэлэ сылдьыбыт кэмигэр кулубалаан олорбут Кривогорницын Семён Александрович мин хос-хос эһэм буолар. Эбэм Семенова Маргарита Николаевна аҕата Семенов Николай Иннокентьевич Кривогорницын кулуба сиэнэ буолар. Мин маннык өбүгэлээхпинэн киэн туттабын уонна инникитин да билэн-көрөн устуоруйаҕа хааларыгар үлэлэһиэм дии саныыбын.
Оҥхой нэһилиэгин олохтоохторо минньигэс астаах сандалы тэрийэн, көмүлүөк оһохтоох сылаас балаҕаҥҥа күндүлээн, тэрээһиҥҥэ сыһыаннаах викторина ыытан, күндү ыалдьыт курдук көрсөн атаарбыттара.
Көрсүһүү иһин барыларыгар барҕа махтал буоллун! Улуу киһибит Өксөкүлээх Өлөксөй аата үйэлэргэ умнуллубатын.
Үс сэргэлэр үс үйэ тухары турдуннар!
Анжелина ЖДАНОВА, ХI кылаас, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.