Мөккүөр түһүлгэтэ
Поделиться
«Мөккүөр диэн кэннигэр хаһан да ньоҕооҕо суох буолухтаах. Этиһииттэн уратыта диэн – ол. Ньоҕоохтоох буолла – ол аата этиһии.»Мандар Уус «Мөккүөр» («Барҕа санам, сүбэ тылым» кинигэ), 2015 с.
Аан дойдуга оонньонор мөккүөр интеллектуальнай оонньууну (дебаты) сахалыы ыытары көҕүлээһин. Мөккүөр интеллектуальнай оонньуу киһини аан дойдуну анаарар, сөптөөх информацияны булан санаатын сатаан сааһылаан этэр, мөккүһэр, тылын ылыннара, ырыыналыыр дьоҕурдарын, сатабылларын сайыннарар педагогическай технология буолар.
Саха дьоно норуоппут духовнай лидердэрин үлэлэрин ааҕалларын көҕүлээһин.
Буолар сирэ: Николаев-киин, Хаҥалас улууһа, Өктөм
Буолар күнэ: 2024 сыл кулун тутар 22 күнэ;
Кыттааччылар:
- Мөккүөр түһүлгэтигэр: Мэҥэ-Хаҥалас уонна Хаҥалас улууһун хамаандалара. Хамаандаҕа 3 киһилээх буолар: учуутал уонна 2 үөрэнээччи.
- «Аман өс» көрүүгэ: 4 кылаас үөрэнээччилэрэ (уолаттар)
Сыала: Дьыалабыай оонньуу кыттыылаахтара тыын боппуруостарга ийэ тылларынан мөккүһэр, айымньылаахтык алтыһар, саха духовнай лидердэрин үлэлэрин ааҕар, туһанар түһүлгэлэрин тэрийии.
Балаhыанньаны кытта сиhилии билсиэхэ соп: