Ытык киһи ыллыгынан

Поделиться

Кулун тутар 4 күнүгэр Томтордооҕу модельнай библиотекаҕа Алексей Елисеевич Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөн сиригэр 1924 с саҥа олоҕу уруйдаан ыспыт ыһыаҕын 100 сылыгар анаан «Ытык киһи ыллыгынан» диэн тэрээһин буолла. Төрөөбүт дойдутун ааспыт олоҕун өр кэмҥэ үөрэппит, хомуйбут кыраайы үөрэтээччи, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Дягилева Розалия Тимофеевна саха уус уран литературатын төрүттээбит суруйааччы, бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөнү кытта сибээһин киһини эрэ тардар гына ыпсаран кэпсиирин мустубут дьон сэҥээрэн иһиттилэр. Өксөкүлээх Өлөксөй 1923-1924 сс Сэйимчээҥҥэ сүрдээх ыарахан кыстыгы туораан, Дьокуускайдаан иһэн, саҥа былаас олохтоммут үөрүүтүн, саҥа олох өрөгөйүн бэлиэтээн, Үрэх Төрдүгэр сөбүлүүр Өймөкөөнүн дьонун түмэн, ыһыах ыспыта. Бары тэрээһинин, сиэрин-туомун бэйэтэ салайбыт-дьаһайбыт. Ыһыах ытык бэлиэтин 3 сэргэни ойуулаан-мандардаан оҥорбут.
Бу ыһыаҕы, Өксөкүлээҕи хойукка диэри кырдьаҕастар ахтан-санаан ааһаллара.
Өксөкүлээх Өлөксөй өссө биир ытык бэлиэтинэн айан аартыгар баар таас остуолбата буолар. Бу остуолбаны хаһан, хайдах көрдөөн булбуттарын, ытык Таатта сиригэр суруйааччы сиригэр-уотугар бара сылдьыбытын сиһилии сэһэргээн, онтон салгыы урукку хаартыскалары көрөн, Өксөкүлээх сэргэлэрин оһуорун ойуутун көрөн-сөҕөн кэпсэтии олус сэргэхтик ааста. Олохтоох народнай театр режиссера Заболоцкая Т.Р. быйылгы үбүлүөйдээх сылга ыччаттар инники үлэлэрин былаанын билиһиннэрдэ. Түмүккэ А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй «Былыргылыы алгыс» айымньытын саха норуодунай артыыһа Г.Колесов толоруутун иһиттибит.
Түмүктээн эттэххэ, кыраайы үөрэтээччилэр төрөөбүт дойдубут историятын үөрэтэн-ситэрэн биэрбит үлэлэрэ эдэр дьоҥҥо, ыччакка туһа буоллун диэн бу курдук сырдатар көрсүһүүлэри эдэр ыччакка, оҕолорго оскуолаҕа элбэхтэ ыытар наада. Сир түннүгэ дьоммутун тута сылдьан ыҥырсан, кэпсэтиннэрэн билбэппитин билэн, элбэҕи истэн, төрөөбүт сирбит, дьоммут олохторун, үлэлэрин үйэтитэ, сэҥээрэ сатыаххайыҥ.

Актуальные новости